06.10.2026 | 12:47 | Просмотров: 112

Адаптивнай үөрэхтээһин комплексын үөрэнээччилэрэ ситиһии көтөллөннүлэр

Балаҕан ыйын 27 күнүттэн алтынньы 1 күнүгэр диэри Уфаҕа хамсанар-имсэнэр аппарааттара эмсэҕэлээбит дьон дьарыктанар спорт көрүҥнэригэр үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы спартакиадалара буолан ааста.
Адаптивнай үөрэхтээһин комплексын үөрэнээччилэрэ ситиһии көтөллөннүлэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Үөрэх управлениетын МАХ ханаалыттан
Бөлөххө киир

Күрэхтэһиигэ дойду 39 эрэгийиэниттэн 250 спортсмен кытынна.

Спартакиадаҕа Дьокуускай куорат Адаптивнай үөрэхтээһин комплексын үөрэнээччилэрэ ситиһии көтөллөннүлэр. Бу туһунан Үөрэх управлениета иһитиннэрэр.

Ол курдук, «Дьаадыраны анньыы» дьиссипилиинэҕэ 10 кылаас үөрэнээччитэ Софья Изыкенова үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайката, оттон кинилиин бииргэ үөрэнэр Егор Попов боруонса призер буоллулар. Итини таһынан, иккиэн 100 уонна 200 миэтэрэ ырааҕы сүүрүүгэ 4-с миэстэни ыллылар.

Оҕолору физкултуура уонна ОБЗР учуутала Юрий Иванович Ощепков бэлэмнээбит. Кини 25 сылтан ордук кэм устата Дьокуускайдааҕы коррекционнай оскуолаҕа бэриниилээхтик үлэлиир, адаптивнай физкултуураны көҕүлүүр уһуйааччы быһыытынан киэҥник биллэр. Юрий Иванович туһунан “Киин куорат” бу иннинэ сырдатан турар:  https://kiinkuorat.ru/articles/sport-n-olohho-tardy-yyny-sa-ar-pedagog

Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирин хамаандата бу спартакиадаҕа 7 мэтээли ылла: 1 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс уонна 4 боруонса. АҮК үөрэнээччилэрин таһынан, күрэхтэһии призердарынан уонна кыттыылаахтарынан өрөспүүбүлүкэтээҕи мөлтөхтүк көрөр оҕолор коррекционнай интэринээт-оскуола уонна Амма улууһун үөрэнээччилэрэ буоллулар.

1 / 4

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп