Абитуриеннар, массыанньыктартан сэрэхтээх буолуҥ!
Билигин массыанньыктар үөрэххэ туттарсааччылары буулуур кэмнэрэ. Түөкүттэр оҕолор уонна төрөппүттэр долгуйа, ханна киирэллэрин быһаарына сылдьар кэмнэригэр кинилэргэ тахсар суолу тобулбуттар.
Бастатан туран, ханнык баҕарар үөрэх кыһатыгар киирии барыта РФ сокуонугар олоҕуран ыытыллар. Докумуоннары туттарыы, сайабылыанньа суруйуу – барыта буор босхо. Ону тэҥэ докумуоннары Госуслуги портал нөҥүө “Поступление в вуз онлайн” сервиһинэн ыытыахха сөп.
Сэрэхэдийиэх тустааххыт:
- ким эрэ "харчы төлөөтөххүтүнэ булгуччу киирэҕит" диэн эрэннэрэр буоллаҕына;
- ким эрэ нөҥүө “көмөлөһүннэриэх” буолар буоллаҕына;
- сымыйа докумуоннары – сертификаттары, дипломнары оҥорон биэриэх буолаллар;
- пааспар дааннайын, Госуслуги киирэр бигэргэтиини көрдүүр буоллахтарына.
Бу үөһээ ыйыллыбыт барыта массыанньыктар угаайылара. Тус дааннайгытын көрдүүр дьонтон сэрэхтээх буолуҥ!
Төлөбүрдээх үөрэхтэн бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэҕэ көһүү үөрэх кыһатын быраабылатыгар олоҕуран эрэ ыытыллар.
Хайдах харыстанабыт:
- үөрэх кыһаларын официальнай саайтарынан, ханаалларынан эрэ туһаныҥ;
- билбэт дьоҥҥутугар Госуслуги киирэр кодкутун этимэҥ;
- үөрэххэ быһа киллэриэх буолар дьоҥҥо харчы ыытымаҥ;
- боппуруостар үөскээтэхтэринэ, приемнай хамыыһайаҕа бэйэҕит тиийэ сылдьыҥ.
Биири өйдөөҥ: үөрэххэ туттарсыы – босхо!
Официальнай сонуннарга, иһитиннэриилэргэ эрэ итэҕэйиҥ!
Абитура долгутуулаах кэмигэр массыанньыктар сиэртибэлэрэ буолумаҥ!