08.10.2026 | 14:00 | Просмотров: 180

Аат киһи олоҕор суолтата

Оҕо күн сирин көрдөҕүнэ төрөппүттэрэ аат талаллар. Докумуоҥҥар, төрөөбүтүҥ туһунан сибидиэтэлистибэҕэр бастакынан аатыҥ суруллар. Аатыҥ майгыгар, дьылҕаҕар дьайар.
Аат киһи олоҕор суолтата
Ааптар: Аскыл Ноев, Дьокуускай куорат 12-с №-дээх оскуолатын 5 «Г» кылааһын үөрэнээччитэ
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир

Ийэлээх аҕам миигин  Асклифеодот-Аскыл диэн ааттаабыттар. Тоҕо оннук ааттаабыттарый?

Мин хос эбэм Александра Асклифеодот Рязанскайы кытта бииргэ төрөөбүттэр. Миэхэ кини аатын биэрбиттэр.

Дьиэ кэргэним историята хос-хос эһэбиттэн саҕаланар дии саныыбын. Рязанскай Афанасий Петрович  Боотуруускай улуус Соморсун нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кэлин Амма улууһун төрүттээбитэ, бастакы кулубата буолбута. Амма нэһилиэктэригэр бастакы оскуолалары, балыыһалары  туттарбыта, олор сэрии да кэнниттэн үлэлии турбуттар. Билигин Сулҕаччы нэһилиэгэр балыыһа дьиэтэ музей буолан турар.

Афанасий Рязанскай уола Асклифеодот 1898 сыллаахха Соморсун нэһилиэгэр төрөөбүт. Биэлсэрдэр училищеларын бүтэрбит. Оҕо эрдэҕинэ кинини аҕата Аскыл диэн кылгатан ыҥырар эбит. Аскыл земскэй губернияҕа сэкирэтээринэн үлэлээбит. Семен Андреевич Новгородов бастакы сахалыы «Ааҕар кинигэтин» суруйарыгар көмөлөспүт. Лев Толстой кэпсээннэрин сахалыы тылбаастаабыт. Олортон биирдэстэрэ –  оҕолорго киэҥник биллэр «Филиппок» кэпсээн.

1923 сыллаахха Аскыл аҕата Афанасий Петрович репрессияҕа түбэспитин кэннэ, кини саха интеллигенциятын кытта Японияҕа, онтон кэлин Кытайга эмиграциялаабыт. Кини онно нуучча кыыһын кэргэн ылан, икки уол оҕону төрөппүттэр. 1949 сыллаахха Австралияҕа көһөн барбыттар.

Эһэм Леонид Романович орто дойдуттан барыан иннинэ ийэлээх аҕабар кэс тылын эппит үһү: «Оҕоҕутун Аскыл диэн ааттаарыҥ», – диэн.

Күндү оҕолор, хас биирдии  киһиэхэ бэриллибит аат улахан суолталааҕын өйдөөҥ!

 

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.