Ааспыт сууккатааҕы субуокка
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ааспыт суукка иһинэн 4 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит.
Дьокуускайга дьиэтин таһыгар биир гражданин суотабай төлөпүөнүн былдьаппыт. Иккис түбэлтэҕэ төлөпүөнү кыбартыыра түннүгүн алдьатан киирэн сойбоппуттар. Буруйдаахтары быһаара сылдьаллар.
Эдьигээн оройуонугар, Лена өрүскэ «Мирнэй» теплоходка 1961, 1980 с.т. эр дьон өлүктэрэ көстүбүт. Бу дьон гааһынан үлэлиир сылытартан гаас быыһылаабытыттан угаардаабыттар диэн быһаарбыттар.
Мэҥэ Хаҥалас оройуонунан ааһар “Амга” РАД 21-с км 2002 сыллаах төрүөх эдэр кыыс холуочук туруктаах массыына ыытан иһэн, уруулун сатаан салайа тутутумуна, кювекка сууллубут. Саахал түмүгэр 2002 с.т. олорсон испит кыыс балыыһаҕа киирбит.
Массыынаны холуочуйан баран, ыыта сылдьар 17 суоппар тутуллубут. Кинилэртэн икки киһи – Мэҥэ Хаҥаласка уонна Мииринэй оройуонугар – бэлиэр иккистээн түбэһиилэрэ эбит.