11.03.2026 | 14:39 | Просмотров: 85

Ааныҥ айаҕар бөҕү хааллардаххына, 15 тыһ. солк. ыстарааптаныаххын сөп

Элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо ааннарын айаҕар бөҕү-саҕы хаалларалларын иһин ыстарааптаныахтарын сөп. Бу туһунан СИА Г.В. Плеханов аатынан Арассыыйатааҕы экономика университетын гражданскай быраап кафедратын доцена Андрей Моисеевка сигэнэн иһитиннэрэр.
Ааныҥ айаҕар бөҕү хааллардаххына, 15 тыһ. солк. ыстарааптаныаххын сөп
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Эксперт быһаарбытынан, кирилиэстэр уонна киирэр ааннар уопсай бас билии буолаллар. Олорор дьиэлэргэ санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри кэһии РФ Административнай быраабы кэһиилэр тустарынан кодексын 6.4 ыстатыйатынан ыстарааптанар — 500 солкуобайтан 1000 солкуобайга диэри.

Быраҕыллыбыт бөх баһаар кутталын үөскэтэр түгэнигэр, ыстараап кээмэйэ 5000–15000 солкуобайга тиийиэн сөп диэн Моисеев сэрэттэ.

Манна даҕатан эттэххэ, сорох олохтоохтор бөхтөрүн анал дьааһыкка ситэ тиэрдибэккэ, подъездка, лиипкэ, кирилиэс да анныгар хаалларбыт түгэннэрэ баар буолар. Онон, ыстараапка түбэспэт инниттэн, суобаскытын уһугуннаран, мөһөөччүктээх бөххүтүн аҕыйах хардыыны оҥорортон сүрэҕэлдьээбэккэ дьааһыктарга быраҕаргыт ордук буолаарай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.