16.12.2025 | 17:43 | Просмотров: 153

Аах, кытын, өйөө!

Аах, кытын, өйөө!
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Бүтүн Арассыыйатааҕы иккис төгүлүн ыытыллар «Муниципальнай тэриллиилэргэ киирии стелалар (въездные стелы) уонна уопсастыбаннай туоналарга киириигэ турар кэлим оҥоһуктар» (входные группы) куонкурус буола турар.

Бу күрэхтэһиигэ кыттааччылар испииһэктэрэ бэлиэр тахсыбыт. Онно куонкурус икки бастакы түһүмэҕин ааһан, дойду араас эрэгийиэннэриттэн, өрөспүүбүлүкэлэриттэн кыттан, квалификация эспэртиисэтин ааспыт уонна уопсастыбаннас аһаҕас куоластааһыныгар киирэр көҥүлү ылбыт стелалар, кэлим оҥоһуктар киирбиттэр. Саха сириттэн балачча элбэх стела уонна кэлим оҥоһук куонкурустаһар. Ол иһигэр Дьокуускай куорат уокуругун уонна Тулагы Киллэм нэһилиэгин киэннэрэ бааллар.

Чопчута, Дьокуускай уокругун Тулагы Киллэм нэһилиэгин «Историческай-култуурунай заповеднигын" бырайыактаах быһаарыыта киирбит. Оттон дойду орто куораттарын ортотугар Дьокуускай куорат «Үлэ албан аата» (Трудовая доблесть) стелата киирсэр. Ону таһынан «Уопсастыбаннай туонаҕа киирии кэлим оҥоһуктар» номинация «Бырайыактаах быһаарыылара ылыллыбыт» көрүҥэр «Дьокуускай куорат» муниципальнай тэриллиигэ киирии стела куонкурустаһар.

Муҥутуур элбэх куолаһы ылан, кыайыылаах тахсыбыттары Москубаҕа ыҥыран бэлиэтиэхтэрэ. Олоххо киирбит «Киирии стела» кыайыылаах таҕыстаҕына, саҥа стеланы/уопсастыбаннай туонаҕа киирии кэлим оҥоһугу оҥорорго анаан 1 мөл. солк. кээмэйдээх сэртипикээт туттарыллар. Бырайыактаах быһаарыылаахтарга бастаабыкка эмиэ биир оччо бириис көрүллэр. Оттон «Уопсастыбаннай туонаҕа киирии кэлим оҥоһуга» номинация кыайыылааҕар стеланы эбэтэр кэлим оҥоһугу оҥорор бырайыак бэлэмигэр туттарга сэртипикээт туттарыллар.

Кытаатыҥ! Куораппыт, нэһилиэкпит көстүүтэ киэркэйэрин туһугар куоластыырга тиэтэйиҥ. Вконтакте  https://vk.ru/gorsredaa сигэни баттаан киирэн билсиҥ, куоластааҥ! 

Сиһилии «Киин куорат» бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕыаххыт.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.