11.03.2025 | 13:52 | Просмотров: 339

«Аҕа күрэҕэ -2025» Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананар

«Аҕа күрэҕэ -2025» Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 29-30 күннэригэр Дьокуускайга XXV-с төгүлүн ыытыллар үбүлүөйдээх «Аҕа күрэҕэ-2025» Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананыаҕа.
Кулун тутар 23 күнүгэр диэри муниципальнай күрэхтэр кыайыылаахтара быһаарыллыбытын кэннэ, финал Дьокуускай куоракка Сайсары эбэҕэ, «Өрөгөй» спорт уораҕайыгар кулун тутар 29-30 күннэригэр былааннанар.
Күрэх үгэс курдук бэрэбинэни суорууга, чууркалааһыҥҥа, хайытыыга, кулуһуҥҥа чэй өрүүтүгэр, ойбон алларыытыгар, остуолбаҕа ыттыыга уонна сыалы ытыыга ыытыллыаҕа. 
Кыайыылаахтары туһааннааҕынан 300 000 солк., 150 000 солк. уонна 100 000 солк. кээмэйдээх бириэмийэлэр күүтэллэр. 
Тэрийээччилэр эбии бириистэри олохтуур бырааптаахтар. 
Күрэх координатордара: ahakyrehe@mail.ru, Соловьева Кристина Викторовна, Прибылых Саския Анатольевна: 8 (4112) 319-309 (эбии 5 уонна 6).
Күрэҕи СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин салалтатынан Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата, СӨ спорка уонна физическэй култуураҕа, үөрэххэ уонна наукаҕа, гражданскай оборонаҕа министиэристибэлэрэ, «Саха» НКИХ уонна «Аҕалар лигалара» уопсастыбаннай тэрилтэ тэрийэллэр, диэн Олохттох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.