15.10.2026 | 11:48 | Просмотров: 150

5G технология диэн тугуй? Киһиэхэ кутталлаах дуо?

TelecoмDaily чинчийиитэ 5G ситимҥэ ордук түргэн тэтимнээҕинэн МТС инники күөҥҥэ сылдьарын көрдөрбүт
5G технология диэн тугуй? Киһиэхэ кутталлаах дуо?
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Бастаан утаа мобильнай сибээс 5G  технологиятын туһаныы олус кутталлаах, доруобуйаҕа буортулаах диэн күүркэтэр хабааннаах иһитиннэрии дэлэй этэ. Билигин да саарбахтааччы балай эмэ.

Оттон тас дойдуларга сылдьар үгүстүк дьон онно ити көрүҥү туттубуттара быданнаабытын, ким да сэрэхэдийбэтин көрө, билэ сылдьаллар. Ол кэмтэн өр-өтөр буолбата, бэһис көлүөнэ технология хайыы үйэ өрөспүүбүлүкэбит килбэйэр киин туонатыгар – Дьокуускайга – бу күһүҥҥүттэн саҕалаан, илэ-бааччы туһаныллар кыахтаммыта.

Ону кэпсиэх иннинэ биир маннык сонуҥҥа тохтоон ылыаҕыҥ.

Атын куораттарга

TelecomDaily диэн иһитиннэрэр-анаарар ааҕыныстыба дойду 5 бөдөҥ, мөлүйүөнүнэн нэһилиэнньэлээх куораттарыгар – Москубаҕа, Санкт-Петербурга, Екатеринбурга, Новосибирскайга уонна Уфаҕа мобильнай интэриниэт муҥутуур түргэн тэтимэ төһө буоларын уонна ол ханнык провайдерга бэлиэтэнэрин ырытан көрбүт. Чинчийии түмүгэ муҥутуур түргэн тэтимнээҕинэн МТС буоларын көрдөрбүт.

Тэтими чинчийэн көрүүгэ МТС, «Мегафон», «Билайн» (ПАО «Вымпелком») уонна Т2 хапсыбыттар. Эпэрээтэрдэр муҥутуур түргэн тэтимнэрэ 5G уонна LTE ситимнэригэр хайдаҕын бэрэбиэркэлээбиттэр. Арассыыйаҕа 5G туттуллар буолуоҕуттан мобильнай интэриниэт  муҥутуур үрдүк тэтимэ Уфаҕа уонна Москубаҕа баара быһаарыллыбыт.

«МТС (5 G n79 эбэтэр  4,9 ГГц диапазонугар) ситимтэн хачайдыыр (Download ) муҥутуур тэтимэ Уфа куоракка  1,5 Гбит/с эбит, Санкт Петербурга ити көрдөрүү  – 1,18 Гбит/с, оттон Москубаҕа – 1,16 Гбит/с.

Атын эпэрээтэрдэртэн үрдүк ускуорас Москуба «Мегафонугар» ситиһиллибит. Тэтимэ— 577,1 Мбит/с. Ону таһынан  T2 эпэрээтэр  Петербург куоракка ускуоруһа — 437,1 Мбит/с эбит.

Дьэ, оттон  5G уонна LTE тиһигэр тэтими түөрт эпэрээтэргэ кэмнээн көрбүттэрэ, хачайдыырга муҥутуур түргэн тэтим Уфаҕа ситиһиллибит – 693 Мбит/с, оттон ыытарга ( Upload ) — 100,5 Мбит/с. Ити көрдөрүү Москубаҕа туһааннааҕынан — 629,2 Мбит/суонна  115,4 Мбит/с буолбут. Кинилэр кэннилэриттэн туһааннааҕынан 581,2 уонна 94,1 Мбит/с тэтимнээх Санкт-Петербург сылдьар.

Уфа куоракка 5 G технологияны МТС эрэ туһанар эбит. Онно хачайдыырга муҥутуур түргэн тэтим — 1,49 Гбит/с.

Москубаҕа 5G технологияны түөрт эпэрээтэр туһанар. Итинтэн хачайдыырга муҥутуур түргэн тэтимнээхтэрэ МТС (1,16 Гбит/с). «Мегафон» киэнэ –  577,1 Мбит/с, «Билайн» киэнэ — 489,5 Мбит/с,  Т2 киэнэ — 292,4 Мбит/с буолара бэлиэтэммит.

Санкт-Петербурга эмиэ 5G технологияны түөрт эпэрээтэр туһанар. Муҥутуур түргэн тэтимнээхтэрэ эмиэ МТС (1,18 Гбит/с) буолбут. Бытааннара «Мегафон», тэтимэ — 336,5 Мбит/с.

Екатеринбурга уонна Новосибирскайга бэһис көлүөнэ технологияны МТС уонна Т2 эрэ туһаналлар.

5G киһи доруобуйатыгар буортулаах дуо?

Үгүстэр сэргиир ыйытыылара. Өскөтүн биһиги 4G технологияны куттаммакка туһанар буоллахпытына, 5G-тэн да сэрэхэдийэр төрүөт суох чинчилээх. Тоҕо диэтэххэ, хайалара да неионизирующай радиоволналар төрүттэригэр үлэлииллэр үһү. Киһи доруобуйатыгар итинник радио-долгун кутталы аҕалбат. Оттон итиннэ анаан үлэлэтэр  тирэх ыстаансыйалары анал лабораторияларга чинчийэн, санитарнай пааспарын толорон эрэ баран, туттарга көҥүллүүллэр эбит.

Дьокуускайга хаһан 5G технология киирбитэй?

Быйыл күһүҥҥүттэн. Кэмиэрчэскэй холбооһун уонна тургутан көрүү бу саас уонна күһүн буолбут. Оттон МТС эпэрээтэр аныгы технологиятын официальнайдык үлэлээн саҕалаабыт болдьоҕо диэтэххэ – 2026 сыл алтынньы 5 күнэ тахсар.  Үлэлиир частотата – LTE 2100 МГц.

Манна Сайсары уонна аэропорт оройуоннара, Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт таһа, 172 кыбаарталлааҕы ЖК , Автодорожнай былаһааккалара, Сэргэлээх суолун кэккэ чааһа хапсаллар. Биһиэхэ МТС муҥутуур тэтимэ 1,5 Гбит/с диэри.

Дьокуускайга  5G  технологияны өссө «Билайн» (ПАО «Вымпелком») киллэрбит. Ситим бэлэмэ уонна тургутан көрүү эрдэ, бу саас, ыам ыйын 18 күнүгэр буолбут. Онно кинилэр ситим ядротун бырагырааматын саҥардан, тупсаран биэрбиттэр.

Итинник технология туһаныллар кыахтаах төлөпүөннэригэр  5G индикация тахсар, оттон ситим аата «bee.test.5G буолар диэн баара. Технологияны тургутан көрүү иһин туох да төлөбүр ирдэммэт. Уруккуттан билайннаах, саҥа билайннанар да дьоҥҥо барытыгар көҥүллэнэр. Анал тарыып да ирдэммэт. “Сүрүнэ, төлөпүөн Арассыыйаҕа 5G туттар көҥүллэх буолара наада. Ону таһынан сим-каартаҥ 4G/LTE туһанар кыахтаах уонна ити бэһис көлүөнэ технология үлэлиир сиригэр баар буолуохтааххын”, – диэбиттэр.

Мегафон абоненара  «5G режим» (или Pre-5G) диэн опцияны туһанар кыахтаахтар. Ити опция бэһис көлүөнэ технология уонна 4G  ситими оптимизациялааһын суотугар мобильнай интэриниэт ситимин биллэ түргэтэтэр. МегаФон ити технологияны эмиэ  2026 сылтан туттан эрэр. Онуоха ити технология дьайар сиригэр олорор буолуохтааххын. Итинтэн атын сирдэргэ анал настройканы оҥорон, интэриниэс тэтимин 60 бырыһыаҥҥа тиийэ түргэтэтиэххэ сөбө этиллэр. Онуоха, биллэн турар, төлөпүөнүҥ ити технологияны туһанар кыахтаах буолара наада. Өҥөнү Мегафон сыһыарыытын нөҥүө биитэр Саха сирин Мегафонун официальнай саайтыгар баар Тус кэбиниэти туһанан холбонуохха сөп.

Биһиги дойдуга ханнык смартфоннар 5G үлэлиир кыахтаахтарый?

Android төрүтүгэр оҥоһуллубут төлөпүөннэр, Samsung гаджеттара, ону таһынан Кытай оҥорон таһаарар  Huawei, Honor, Xiaomi фирмаларын техникалара уо.д.а.

Төлөпүөн 5G технологияны сатаан туһанар гына оҥоһуллубут буоллаҕына, итинник ситим баар сиригэр төлөпүөн экраныгар үгэс курдук 4G эбэтэр LTE диэн сурук тахсар сиригэр бэйэтэ тахсан кэлиэхтээх. Өскөтүн быһа тахсыбат буоллаҕына, төлөпүөн настройкатын баттаан, “Мобильнай сеть” диэнигэр киириллэр, туһанар сим-каартаҕын булан, “Режим/тип сети” диэнин баттаат, 5G

талаҕын. Сорох төлөпүөҥҥэ "предпочтительно 5G"диэн баар буолар.

Айфоннаахтар билиҥҥитэ туттар кыахтара суох.

Оттон айфоннарга биһиги дойдуга 5G үлэлээбэт. Тоҕо диэтэххэ, Эмиэрикэ оҥорон таһаарааччыта бэйэтин устройстволарын техническэй кыаҕын Арассыыйаҕа туһаныыны кытаанахтык хонтуруоллуур, хааччахтыыр. Инньэ гынан, Айфон төһө да саҥа частоны туһанар кыахтааҕын иһин, Apple сатана биһиэхэ көҥүллээбэт үһү.

Ол эрээри дойду Сыыппараҕа министиэристибэтэ корпорацияны кытта уопсай тыл көстөрүгэр эрэллээҕэ этиллэр.

Түмүк оннугар

Совкомблог суруйарынан, Арассыыйаҕа 5G технология дойду 16 куоратыгар боруобаланар. Атын источникка 20-тэн тахса буолбута суруллар. Сыл бүтүүтэ өссө 50 нэһилиэньэлээх пуун холбонуохтаах. Ол эбэтэр, бэһис көлүөнэ технология биһиги дойдуга лаппа тэнийэр чинчилээх. Оттон ону туһанары-туһамматы бэйэбит быһаарар инибит? Түргэн тэтимнээх интэриниэттэниэн баҕалаахтар саҥа төлөпүөн атыылаһыах иннинэ талбыт смартфоннара 5 G үлэлиирин-суоҕун ыйыталаһаллара, чопчулаһаллара наада эбит. Сайдыы ахсым ат айанынан түһүнэр, хаалан хаалар хобдоҕо бэрт буолуо.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп