35-гэр диэри саастаах биэнсийэлээхтэр баар буоллулар
2026 сыл саҕаланыаҕыттан 35-гэр диэри саастаах Арассыыйа алта олохтооҕо эрдэ биэнсийэҕэ тахсыбыттарын туһунан ТАСС-ка РФ социальнай пуондатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Пуонда эдэр биэнсийэлээхтэр 30 саастарын эрэ туолуохтара диэн чуолкайдаата. Ол курдук, гражданскай авиация летчиктарыгар сулууспа сылларынан буолбакка, көтөр чаастарынан ааҕыллар. Быйыл уопсайа үс летчик эрдэ биэнсийэҕэ тахсарга сайабылыанньа биэрдэ, олортон саамай аҕалара 33 саастаах.
Быйыл 31 уонна 34 саастарын туолар икки айар идэлээх дьон эрдэ биэнсийэҕэ тахсарга эмиэ сайабылыанньа биэрдилэр. Иккиэн 15 сыл үлэлээбиттэр, ол иһин кинилэр чэпчэтиигэ сөп түбэһэллэр.
Эдэр биэнсийэлээхтэртэн саамай аҕалара быыһыыр сулууспа үлэһитэ, 35 саастаах.
Санатан эттэххэ, элбэх оҕолоох ийэлэр эмиэ эрдэ биэнсийэҕэ тахсар бырааптаахтар.