02.12.2025 | 12:04 | Просмотров: 119

330,8 млрд солк. үс сыл иһигэр федеральнай бүддьүөттэн өйөбүл быһыытынан кэлиэҕэ

Федеральнай бүддьүөттэн өйөбүл быһыытынан киирэр үп кэлэр үс сылга 330,8 млрд солк. тэҥнэһиэҕэ; ол иһигэр 2026 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 110,7 млрд солк. киириэҕэ.
330,8 млрд солк. үс сыл иһигэр федеральнай бүддьүөттэн өйөбүл быһыытынан кэлиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Ол туһунан «Якутия24» тэлэбиидэнньэ ханаалын «Актуальное интервью» биэриитигэр Саха сириттэн Госдуумаҕа дьокутаат Галина Данчикова иһитиннэрдэ.
Аҥаардас үөрэхтээһин эйгэтигэр кэлэр сылга 8 млрд солк. анаммыт. Чуолаан үөрэх кыһаларын, оҕо сайыҥҥы лааҕырдарын хапытаалынай өрөмүөнүгэр, тутуутугар 2025 сыллааҕар 672 мөлүйүөнүнэн элбэх үп көрүллүбүт. Кэлэр үс сылга маны таһынан оскуолаларга ИТ-инфраструктураны тэрийиигэ 518 мөл. солк. курдук кэлэрэ күүтүллэр.

Булгуччулаах медицинскэй страховкалааһын пуондата 2026 сылга 74 млрд солк. тахса үбү ылыаҕа. «Олох инфраструктурата» нацбырайыагынан 2026-2028 сылларга өрөспүүбүлүкэ уонна муниципалитеттар суолларын тутууга уонна тупсарыыга 53 млрд солк. бэриллиэҕэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.