288 оҕо Дьокуускайга ПДН учуотугар турар
2025 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Дьокуускай куорат территориятыгар саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара 71,4 % үрдээбит (91-тэн 156-ҕа диэри түбэлтэ). Маны сэргэ ыар уонна ордук ыар буруйу оҥоруу таһыма 61,8 % үрдээбит (34-тэн 55 түбэлтэҕэ диэри).
Оттон саастарын ситэ илик оҕолорго сыһыаннаан буруйу оҥоруу ахсаана 300 тиийэн (268), 11,9% элбээһин бэлиэтэммит.
Дьокуускай куораттааҕы ПДН учуотугар 288 оҕо турар (275).
ПДН информациятынан, сокуоннай саастарын туола илик оҕолор дьиэттэн бэйдиэ барыылара 98-тан 134-кэ диэри элбээбит, мантан 57 оҕо хатылаан барбыта бэлиэтэммит. Уустук социальнай балаһыанньаҕа олорор ыал ахсаана 326 (349) тиийбит, маннык дьиэ кэргэттэргэ 843 (785) оҕо иитиллэр.