01.09.2025 | 22:50 | Просмотров: 169

204-с түөлбэ маастар-былаанын оҥоруу ыйытыгар кыттыҥ

204-с түөлбэ маастар-былаанын оҥоруу ыйытыгар кыттыҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күн бүгүн Дьокуускай куорат 204-с кыбартаалын (Киин уокурук) маастар-былаанын оҥорууга үлэ ыытылла турар. Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын Куораты тутууга уонна архитектураҕа департамена куорат олохтоохторун социологическай ыйытыкка кыттарга ыҥырар. Бу туһунан Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

204-с кыбартаалы сайыннарыы уокуругу социальнай инфраструктура эбийиэктэринэн, ол иһигэр куорат олохтоохторун үөрэхтээһин, култуура, спорт уонна сынньалаҥ эбийиэктэринэн, хааччыйыыга туһуланыаҕын маастар былааны оҥорооччулар тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. «Бары өттүнэн табыгастаах, аныгылыы куорат эйгэтин тэрийиигэ эһиги санааҕыт сүрүн күлүүс буолар. Биһиги саҥа уопсастыбаннай сири бырайыактыырбытыгар хас биирдии олохтоох интэриэһин болҕомтоҕо ылабыт. Ыйытыкка кыттыыгыт Дьокуускай куораппытын өссө табыгастаах уонна аныгылыы көрүҥнээх оҥорорбутугар көмөлөөх буолуоҕа», – диэн куорат олохтоохторугар туһаайаллар.

Ыйытыкка бу QR-куодунан киирэн кыттыахха сөп.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.