2032 сылга диэри оптуобус суоппардара үчүгэйдик утуйан туруохтаахтар уонна пассажирдары "аара суолтан" ылбаттар
Саҥа сокуон чааһынай тэрилтэлэри кытта хабар.
Ол курдук, суоппардар тырааныспар тэхиньиичэскэй туругун кэтии сылдьыахтаахтар, нуорманы таһынан пассажирдары олордоллоро, таһаҕаһы тиэнэллэрэ сокуонунан бобуллар, оттон тиэнэр таһаҕастарын кичэйэн туттарыахтаахтар. Быраабыла суоппар үлэтин уонна сынньалаҥын эрэсиимин эмиэ хабар. Ол курдук, доруобуйатын туруга мөлтөҕүн биллэҕинэ эбэтэр быраас көҥүлэ суох уруулга олороро бобуллар.
Уопсастыбаннай тырааныспар суоппардара пассажирдары официальнай тохтобултан эрэ ылаллар уонна таһаараллар, "ыксаабыт киһи көрдөһүүтүнэн" таһаарыы уонна суолтан хомуйуу бобуллар.
Саҥа быраабылалар суолга саахал тахсарын аҕыйатар уонна айан сэрэхтээх буоларын хааччыйар аналлаахтар.
Аны туран, маннык быраабыла кэлэр алта сылга, ол эбэтэр 2032 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри, үлэлиирэ бэлиэтэнэр.