203-с түөлбэ олохтоохторугар үөрүүлээх күн үүннэ!
Суол арыллыыта 203-с түөлбэҕэ тыын суолталаах: билигин олохтоохтор куорат киинигэр диэри тупсаҕай суолунан куттала суох сылдьар кыахтаннылар. Ону тэҥэ сэргэ сытар уулуссаларга тырааныспар ноҕурууската биллэ кыччыыра сабаҕаланар.
Эбийиэги саҥардан тутуу үлэтин 2026 сыл саҕаланыаҕыттан «Олох инфраструктурата» национальнай бырайыак чэрчитинэн, генеральнай бэдэрээтчит «РИК Автодор» АУо ыытта. Бүгүҥҥү күҥҥэ бырайыагынан көрүллүбүт үлэ барыта, ол иһигэр тупсарыы, толору түмүктэннэ.
Манна даҕатан эттэххэ, суолталаах эбийиэгинэн уопсастыбаннай тырааныспар тохтобула буолла. Итиэннэ Ефимов уулуссатынан 3-с нүөмэрдээх оптуобус сырыыта олохтонно.

Суол-тырааныспар сулууспатын түһэриитэ
Дьокуускай куоракка суол ситимин сайыннарыы үлэтэ салҕанар. 2026 сылга «Олох инфраструктурата» национальнай бырайыагынан уопсайа 6,9 килэмиэтир усталаах уулусса-суол ситимин 8 эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөн уонна тутуу үлэтэ ыытылынна. Ону тэҥэ 2027 сылга киириэхтээх 5 эбийиэккэ суол үлэтэ салҕанар, уопсай уһуннара – 6,9 км.
«Бүгүн биһиги Ефимов уулуссатын арыйабыт. Бу уулусса өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит Виктор Петрович Ефимов аатын сүгэр. Эбийиэги «РИК Автодор» АУо туппута бэлиэ түгэнинэн буолла, ол курдук, Виктор Петрович бу тэрилтэни төрүттээччи этэ.
Саҥардыллыбыт уулусса-суол ситимин уопсай уһуна 650 миэтэрэ – Ефимов уулуссата (395 м) уонна Хабаров – Ярославскай – Чернышевскай – Ефимов быһа охсуһар сирдэрэ сирэ (254 м).
Бырайыак бары кыттыылаахтарыгар куорат сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин махтанабын. Бу суол уһуннук уонна эрэллээхтик сулууспалаатын, оттон Виктор Петрович Ефимов аата өрөспүүбүлүкэҕэ холобур буолан хааллын!», – диэтэ СӨ тырааныспарга миниистирин солбуйааччы Владимир Тихонов.



