2027 сыллааҕы хааһына үбэ чуолаан туохха туттуллуоҕун быһаардылар
Кэлэр 2027 сыллааҕы бүддьүөккэ даҕаны, өрүү буоларын курдук, сайдыы национальнай сыалын ситиһиигэ, нэһилиэнньэ иннигэр социальнай эбэһээтилистибэни толорууга уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүргэ хааһына харчытын баһыйар өттө туттуллуоҕа.
Социальнай-култуура эйгэтин сайыннарыыга эһиилги бүддьүөккэ 135,4 млрд солк. тыырарга суоттаналлар. Ону таһынан эрэгийиэн таһымнаах национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ уопсайа 49,4 млрд солк. былааннаммыт. Итинтэн 38,1 млрд федеральнай хааһынаттан кэлиэхтээх.
Ил Түмэҥҥэ буолбут публичнай истиигэ СӨ үпкэ миниистирин эбээһинэһин толорооччу Иван Алексеев үп тутаах докумуонун барылын билиһиннэрдэ. Олохтоох хааһына үбэ 27 судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэриигэ ананар. Олортон тыын суолталаахтарынан “Олох таһымын үрдэтии” уонна “Табыгастаах эйгэ” (“Высокий уровень жизни человека” уонна “Комфортная среда”) блоктара буолаллар.
Социальнай-култуурунай эйгэ диэҥҥэ доруобуйа харыстабыла, үөрэҕирии, социальнай бэлиитикэ киирсэллэр. Олорго сүрүн болҕомто туһаайыллыбыт.
Кэлэр 2027 сыл тохсунньутуттан хамнас муҥутуур алын кээмэйэ Саха сиригэр 6,8% үрдүөхтээх. Ол эбэтэр, бастакы зонаҕа үлэлээччилэр хамнастара, нолуогу көҕүрэппэккэ туран, 72 300 солк. тэҥнэһиэхтээх, оттон иккис зона киэнэ – 81 018 солк. Бу манна туттуллуохтаах үп бүддьүөккэ киирэ сылдьар.
Бүддьүөт барыла макроэкономическай сабаҕалааһыннары, федеральнай нуормалары учуоттаан оҥоһуллубут.
Хамнас алын кээмэйэ, бары страховой биэнсийэлэр, судаарыстыбаннай босуобуйалар үрдүүллэрэ үөрдэр. Ол гынан баран, сыана барытыгар – уокка, ууга, уматыкка, оттукка уо.д.а. – үрдүү турар кэмигэр, өҥө, табаар сыаналанарын суотугар, эбиллибитэ да биллибэккэ хаалара өйдөнөр. Ол эрээри ити түгэн учуоттанар ини диэн эрэниэҕи баҕарыллар. Сүрүнэ, кыстыгы этэҥҥэ туоруур гына, сылааһынан, эминэн-томунан, өҥөнөн хааччыйар эйгэ толору бэлэмнээх, сөбүгэр үбүлэниилээх, саппаастаах буолуон наада.