30.10.2026 | 08:00 | Просмотров: 121

2027 сылга Губин уокуругар бүтэһик хаарбах дьиэни көтүрүөхтэрэ

Билигин Дьокуускайга 1136 хаарбах дьиэ баар.
2027 сылга Губин уокуругар бүтэһик хаарбах дьиэни көтүрүөхтэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: ТАСС Уһук Илиннээҕи пресс-киинэ
Бөлөххө киир

2027 сылга Дьокуускай куорат Губин уокуругар биир даҕаны хаарбах туруктаах мас дьиэ хаалыа суохтаах. Ол туһунан баһылык Дмитрий Садовников ТАСС “Олох инфраструктурата” национальнай бырайыак олоххо киириитин тула ыыппыт пресс-конференциятыгар кэпсээтэ.

Икки бүтэһик хаалбыт хаарбах дьиэ кэлэр сыл бастакы аҥаарыгар көтүрүллүөхтээх. Инньэ гынан Губин уокуруга Дьокуускайга бастакынан хаарбах дьиэтэ суох түөлбэ буолуохтаах.

Дмитрий Садовников бэлиэтээбитинэн, Дьокуускайга мас дьиэ үксэ сэбиэскэй кэм саҕана тутуллубута уонна билиҥҥи олорор дьиэ ирдэбиллэригэр эппиэттээбэт.

Киин куораппытыгар билигин 2577 элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар, ол иһигэр 1136 дьиэ хаарбах туруктааҕынан билиниллибит. Хааарбах дьиэлэртэн көһөрүүнү тэтимирдиини үп-харчы кырыымчыга атахтыыр.

“Бастатан туран, суут быһаарыытынан көһөрүллүүгэ уураахтаммыт дьиэлэринэн дьарыктанабыт. Быйыл муниципальнай бырагыраамаҕа 270 мөл солк. тыырыллан турар. Хомойуох иһин, бу харчы кыһалҕаны быһаарарга тиийбэт. Ол эрэн бырагыраама үлэтин салҕыыбыт”, - диэтэ Дмитрий Садовников.

Маны тэҥэ Дьокуускайга сири-уоту кэлим сайыннарыы тосхоло үлэлиир. Бүтүн кыбартааллар – көтөрүллүбүт дьиэлэр оннуларыгар аныгылыы дьиэлэр тутуллаллар, инженернэй уонна социальнай инфраструктура тэриллэр, уопсастыбаннай туоналар тупсарыллаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп