2026 сылга кимнээх биэнсийэҕэ эрдэ тахсалларый?
Улахан ыстаас
Икки сыл эрдэлээн улахан үлэ ыстаастаах киһи биэнсийэҕэ тахсыан сөп. Эр дьоҥҥо бу – 42 үлэ сыла, дьахталларга – 37 сыл. Маныаха эр киһи – 62, дьахтар 57 сааһыгар диэри буолуохтаах.
Оҕону иитии
Эрдэ биэнсийэҕэ тахсыы ийэлэри эмиэ таарыйар. 2 уонна онтон элбэх оҕолоох ийэлэр 50 саастарыгар докумуоннарын оҥотторуохтарын сөп, өскөтүн:
* Уһук Хоту оройуоҥҥа кырата 12 сыл эбэтэр онно тэҥнээх сирдэргэ кырата 17 сыл үлэлээбит буоллахтарына;
* 20 сылтан итэҕэһэ суох страховой ыстаастаахтар.
Элбэх оҕолоох, оҕолоро бары 8 сааһын туолбут ийэлэр кырата 15 сыл үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыахтарын сөп. Биэнсийэҕэ сайабылыанньа биэриэхтэрин сөп:
* 57 саастарыгар, 3 оҕону төрөппүттэр уонна ииппиттэр;
* 56 саастарыгар – 4 оҕону;
* 50 саастарыгар – 5 уонна онтон элбэх оҕону.
Ыарахан уонна кутталлаах үлэ, ураты идэлэр
Ыарахан усулуобуйалаахха киирсэр үлэлээх Арассыыйа олохтоохторо эмиэ эрдэ биэнсийэҕэ тахсар кыахтаахтар. Ирдэнэр ыстаастаах буоллахтарына, эр дьон – 50, оттон дьахталлар 45 саастарыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа барыахтарын сөп.
Биэнсийэҕэ эрдэ тахсары көҥүллүүр атын да идэлэр бааллар. Учууталлар 25 сыл ыстаастаах, медицинскэй исписэлиистэр куоракка – 30 сыл, тыа сиригэр 25 сыл үлэлээбит буоллахтарына. Маннык усулуобуйалар артыыстарга, байыаннай үлэһиттэргэ уонна летчиктарга сыһыаннаахтар.
Үлэтэ суох хаалбыттар
Биэнсийэҕэ тахсыахтарын икки сыл иннинэ бэйэлэрин буруйдарынан буолбакка, холобур, тэрилтэ сарбыйыытынан үлэтэ суох хаалбыт гражданнар дьарыктаах буолуу сулууспатын нөҥүө эрдэ биэнсийэҕэ тахсар быраабы ылаллар. 2026 сылга 54 уонна онтон үөһэ саастаах дьахталларга уонна 59 саастаах эр дьоҥҥо биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи статуһу биэриэхтэрэ. Ол гынан баран бу статуһу 30 биэнсийэ бааллаах уонна дьахталлар 20 сыл, эр дьон 25 сыл үлэлээбиттэр эрэ ылыахтарын сөп.
Уһук Хоту оройуон үлэһиттэрэ
Бу усулуобуйанан эрдэ биэнсийэҕэ тахсар туһугар киһи Уһук Хоту оройуоҥҥа 15 сыл эбэтэр онно тэҥнээх сирдэргэ 20 сыл үлэлээбит буолуохтаах. Маннык түгэҥҥэ эр дьон 59, оттон дьахталлар 54 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсыахтарын сөп.