2026 сылга 40 социальнай эбийиэги киллэрэргэ былаанныыллар
СӨ Тутууга министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, 2025 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай суолталаах 34 эбийиэк тутуллан бүппүт, ол иһигэр 1 375 миэстэлээх түөрт оскуола, 340 миэстэлээх икки оҕо уһуйаана, 1 эбии үөрэхтээһин эбийиэгэ, 4 физическэй култуура уонна спорт эбийиэктэрэ, 15 доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ, 4 култуурунай, 2 социальнай көмүскэл эбийиэгэ уонна 2 тупсаран оҥоруу эбийиэгэ.
2026 сылга бары хайысхаларга үлэ онтон кырата суох тыҥааһыннаахтык салҕанан барыаҕа. Ол курдук, былаан быһыытынан – 40 эбийиэк, ол иһигэр 1 563 миэстэлээх 5 оскуола, 765 миэстэлээх 5 оҕо уһуйаана, 2 эбии үөрэхтээһин эбийиэгэ, 3 физкултуура уонна спорт эбийиэгэ, 18 доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ уонна 7 култуура эбийиэгэ үлэҕэ киириэхтэрэ.
Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.