02.12.2025 | 18:04 | Просмотров: 221

2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 28 598 солк. буолуоҕа

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата 2026 сылга биир киһи муҥутаан тиийинэн олорор харчытын алын кээмэйин бигэргэтэн турар. Сокуон тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэрэ күүтүллэр.
2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 28 598 солк. буолуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол курдук, СӨ үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр биир киһиэхэ ааҕыллар тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 2026 сылга 28 598 солк. буолуоҕа (2025 сылга – 26 777 солк.).

Маны сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтөрүнэн көрдөххө: үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ – 31 172 солк; биэнсийэлээххэ – 24 594 солк.; оҕоҕо – 27 740 солк.

1 зона (Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай, Мииринэй улууһун Айхал бөһүөлэгэ уонна Удачнай куората): биир киһиэхэ ааҕыынан – 33 460 солк.; үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ – 36 471 солк.; биэнсийэлээххэ –  28 775 солк.; оҕоҕо – 32 456 солк.

2 зона (Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй (Айхал бөһ. уонна Удачнай к. ураты), Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы, Дьокуускай): биир киһиэхэ ааҕыынан – 28 026 солк.; үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ – 30 549 солк.; биэнсийэлээххэ – 24 102 солк.; оҕоҕо – 27 185 солк.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ намыһах дохуоттаах нэһилиэнньэҕэ судаарыстыбаннай социальнай көмөнү оҥорууга туһаныллар – оҕо төрөөһүнүнэн уонна оҕону иитиинэн ый аайы төлөнөр босуобуйа, биэнсийэҕэ социальнай эбии төлөбүр кээмэйдэрин быһаарыыга, ону тэҥэ дохуотунан социальнай өйөбүлгэ. Бэлиэтээн эттэххэ, хамнас алын кээмэйэ 2026 сылга 31 172 солк. итэҕэһэ суох буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэрин хамнаһа муҥутуур 80% надбавкаҕа 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн: 1,7 оройуон коээфициеныгар – 67 733 солк., 2,0 коэффициеҥҥа 75 861 солк. аахсыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өймөкөөҥҥө айантан санаалар
Сынньалаңңа | 13.08.2026 | 13:58
Өймөкөөҥҥө айантан санаалар
(Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр)
Дьааҥыларга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ көмөлөһөр
Сонуннар | 07.08.2026 | 19:00
Дьааҥыларга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ көмөлөһөр
Халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбит Дьааҥы улууһугар билигин Саха сирин бары улуустара, ону тэҥэ Дьокуускай куорат үгүс тэрилтэлэрэ көмөлөһөн эрэллэр.
Унтууну хайдах талабыт?
Тускар туһан | 11.08.2026 | 09:00
Унтууну хайдах талабыт?
Иистэнньэҥ Виктория Семенова унтууну хайдах таларга, харайарга сүбэлэрин "Киин куорат" ааҕааччыларыгар таһаарабыт.
Босхо куруһуоктарга суруйтарар кэм чугаһаата
Сонуннар | 07.08.2026 | 13:22
Босхо куруһуоктарга суруйтарар кэм чугаһаата
Сотору кэминэн “Навигатор” нөҥүө куруһуоктарга суруйтарыы саҕаланыаҕа. Дьокуускай үгүс төрөппүтэ Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар баар босхо куруһуоктарга талаһар.