2025 сыллааҕы баай-дуол уонна дохуот нолуогун төлөстүҥ дуо?
Арассыыйа Федеральнай нолуок сулууспатын Саха сиринээҕи салалтата 2025 сыллааҕы баай-дуол нолуогун 2026 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри төлүүргэ ыҥырар.
Онно физическэй сирэйдэр баай-дуол, тырааныспар, сир нолуоктара, ону таһынан туһааннаах салааҕа үлэлээччилэр дохуоттарын нолуога (НДФЛ) киирсэр.
🔹 Нолуок төлөнүөхтээҕин туһунан уведомление ФНС официальнай саайтыгар баар Тус кабинекка, «Налоги ФЛ» диэн төлөпүөн сыһыарыытыгар кэлэллэр. Оттон төлүүр кэмин аһардахха, Госуслуги порталга эмиэ кэлэр.
Электроннай сервистэри туһаммат дьон биллэриилэрин почтанан сурук быһыытынан туталлар.
🔹 Өскөтүн хайа эрэ төрүөтүнэн нолуок төлөөччүгэ уведомление кэлбэккэ хааллаҕына, нолуогу төлүүр эбээһинэстэн ол босхолообот.
Онон «билбэт дьыалам» диэн куотунар кыаллыбат.
🔹 Нолуок чопчу туохха ааҕыллыбытын, сууматын билсэн баран, дьиэттэн тахсыбакка олорон, nalog.gov.ru саайт «Тус кэбиниэтин», «Налоги ФЛ» төлөпүөн сыһыарыытын, Госуслуги порталын нөҥүө төлөһүөххэ сөп.
Ону таһынан бааҥҥа эбэтэр почта отделениетыгар да тиийэн төлүүр хааччахтаммат.
Нолуок сулууспата судаарыстыба түһээнин эрдэ-сылла төлөһөргө ыҥырар. Тоҕо диэтэххэ, 2026 сыл ахсынньы 2 күнүттэн саҕалаан хас биирдии хойутаппыт күн иһин аайы пени ааҕыллан, төлөнөр суума эбиллэр кыахтаах.
Онон, этэргэ дылы, нолуоккутун кэмигэр төлөһөбүт уонна холкутук утуйабыт!