2025 сылга Арассыыйа олохтоохторо массыанньыктарга 400 миллиард солкуобайы ыыппыттар!
Биир холобуру аҕаллахха, соторутааҕыта эрэ Алдан оройуонун олохтооҕо, биэнсийэлээх 2,7 мөл. солкуобайы массыанньыктар хармааннарыгар ыыппыт.
Кини кэпсээбитинэн, «Энергосбыт» тэрилтэттэн (сымыйа) эрийэн, уот счетчигын уларытарга смс-һынан кэлбит нүөмэри этэригэр көрдөспүттэр. Ол кэннэ «Госуслуги» порталтан атын киһиэхэ кини тус дааннайынан дэбиэриннэс оҥоһуллубут диэн буолбут.
Бастаан Роскомнадзор сымыйа исписэлистэрэ эрийбиттэр, ол кэннэ Росфинмониторинг тэрилтэҕэ тиэрдибиттэр, кинилэр быраап уорганнарыттан эрийиэхтэрэ диэн эппиттэр. Ол кэннэ эмсэҕэлээччигэ ФСБ сотрудниктара эрийэллэр уонна судаарыстыбаннай таҥнарыахсыт буоллуҥ диэн куттаабыттар.
Ол түмүгэр биэнсийэлээх бэйэтин уурумньу харчытыттан 700 тыһыынча солкуобайы «Центробаан счетугар» ыыппыт. Аны "эн ааккар кирэдьиит ылбыттар, ону төннөрөргө эбии бу бааҥҥа 2 мөл. солкуобайы ыыттаххына харчыҥ төннүө" диэн, бу сууманы кирэдьиит ылар. Биллэн турар, харчыта төннүбэтэх, түөкүттэргэ түбэспитин билэн, тустаах уорганнарга сайабылыанньа суруйбут.
Маннык иэдээҥҥэ түбэспэт инниттэн билбэт нүөмэргит эрийдэҕинэ төлөпүөнү ылымаҥ эбэтэр кэпсэтэн иһэн арааран кэбиһиҥ. Ханнык да тэрилтэ, баан, быраап үлэһиттэрэ, о.д.а. эрийэн харчы, аахсыйа, төлөбүр, чугас киһиҥ алдьархайга түбэстэ диэн эрийбэттэр, саамматтар, куттаабаттар.