18 салайар хампаанньа Саҥа дьылы иэстээх көрсөр
Дьокуускай куорат 18 салайар хампаанньата (УК) уонна ТСЖ уотунан уонна сылааһынан туттуу иһин энергетиктэргэ 29 мөл. солк. иэстээхтэр.
Ол иһигэр үс тэрилтэ бу испииһэги төрдүс ыйдарын «баһылаан-көһүлээн» иһэллэр: «ЯкутТеплосервис» ХЭУо муус устар ыйтан 7,9 мөл. солк. иэһи «cоһор»; «Арт Плюс» УК 6 мөл. солк. тахса иэстээх; «УК Восхождение» ХЭУо – 3 мөл. солк. тахса.
Дьиэни бас билээччилэр оҥорбут төлөбүрдэрин өҥөнү тиэрдээччигэ тиксэриэхтэрин баҕарбат дуу, тиэтэйбэт дуу хампаанньалар кэккэлэрин маны сэргэ «ЖЭУ Центральное» ХЭУо (2,6 мөл. солк.), «УК Альянс» ХЭУо (2,4 мөл. солк.), «УК "Гарант Плюс» ХЭУо (1.6 мөл. солк.) хаҥаталлар. Сиһилии испииһэги манна билис.
Оттон үтүө суобастаахтык үлэлиир УК уонна ТСЖ ааттарын ахсынньы ыйга «Веста» УК, «Альтаир» УК, «Дольщики» ТСЖ, «Дьулустан» ТСЖ, «Ир-Строй» УК, о.д.а. сүгэллэр, диэн «Якутскэнергосбыт» иһитиннэрэр.