14.05.2026 | 15:12 | Просмотров: 158

17-с №-дээх оскуола тутуута саҕаланна

Бүгүн киин куоракка 17-с №-дээх оскуола эбии дьиэтин бастакы сыбаайата түһэрилиннэ. 3800 кв. миэтэрэ иэннээх дьиэ 275 оҕо үөрэнэригэр суоттаммыт.
17-с №-дээх оскуола тутуута саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Айсен Николаев МAX ханаала
Бөлөххө киир

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, куорат баһылыга Евгений Григорьев, оскуола учууталлара, үөрэнээччилэрэ кытыннылар.

Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, эбийиэк 2027 сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киириэҕэ.

«Саҥа куорпус 17-с оскуола дириҥ историятын салҕааһына буолуо уонна оҕолор үөрэнэллэригэр, айалларыгар уонна сайдалларыгар аныгылыы табыгастаах услуобуйа тэриллиэҕэ диэн эрэнэбин. Оскуола кэлэктиибин, үөрэнээччилэри, төрөппүттэри уонна выпускниктары тутуу саҕаламмытынан  эҕэрдэлиибин!» – диэтэ Ил Дархан.

Бэлиэтээн эттэххэ, 1920 сыллаахха аһыллыбыт киин куорат биир кырдьаҕас оскуолатыгар билигин балтараа тыһыынчаттан тахса оҕо үөрэнэр. Дьиҥэр, оскуола сүрүн дьиэтэ 350 миэстэлээх.

Саҥа куорпус тутулларын төрөппүттэр туруорсубуттара ыраатта. Ил Дарханы кытта быһа кэпсэтиигэ бу боппуруос иккитэ турбут.

Оскуола саҥа дьиэтэ «Ыччат уонна оҕолор» национальнай бырайыак «Бары үчүгэйи – оҕолорго» федеральнай бырайыагын олоххо киллэрии иитинэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» өйөбүлүнэн тутуллуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.