121 нэһилиэнньэлээх пуун халаантан эмсэҕэлиэн сөп
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ халаанынан сибээстээн үрдүк бэлэмнээх эрэһиим биллэриллибитин туһунан СӨ баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр киин иһитиннэриитинэн, өрүстэр үгэс буолбут болдьох иһигэр хамсыахтара диэн сабаҕаланар, ол гынан баран халаан балаһыанньата ураты болҕомтону эрэйэр, ордук муус хаайтарар учаастактарыгар. Балаһыанньаны хаар элбэҕэ уонна муус халыҥа уустугурдар. Өрүстэр 1–3 суукка эрдэлээн арыллыахтарын сөп.
Алдаҥҥа өрүс хамсааһына 2-4 хонук эрдэлиирэ күүтүллэр. Өлүөнэ өрүс ыам ыйын бастакы-иккис декадатыгар хамсыа (Ленскэй оройуоҥҥа), иккис декадаҕа (Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Нам оройуоннара уонна Дьокуускай к.), иккис декада бүтэһигэр (Кэбээйи оройуона) уонна ыам ыйын бүтэһигэр (Устье).
Алдан, Амма, Бүлүү – ыам ыйын бастакы-иккис декадатын бүтүүтэ (2-4 суукка эрдэ). Хоту уонна хотугулуу-илин өрүстэр – ыам ыйын үһүс декадата – бэс ыйын саҥата. Халымаҕа Зырянка аттыгар муус хамсааһына ыам ыйын иккис декадатыгар күүтүллэр.
Халаан зонатыгар өрөспүүбүлүкэ 26 оройуонугар 121 нэһилиэнньэлээх пуун хабыллар, онно 24 300-тэн тахса киһи олорор.
Халааны утары охсуһууга 17,2 тыһыынчаттан тахса киһи, 3,4 тыһыынча тиэхиньикэ, 27 көтөр аал уонна 520-тан тахса устар суудуналаах хамаанда үлэлиэҕэ. 28600 куойкалаах 303 быстах кэмҥэ олорор пуун бэлэмнэннэ.