10.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 136

102 саастаах ытык кырдьаҕас өссө биир баҕа санаатын олоххо киллэрдэ

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Таатта улууһугар, Тыараһа уонна Чөркөөх икки ардыларыгар федеральнай трасса кытыытыгар турар Чээнньийэ алааска Улуу Кыайыыны уһансыбыт ини-бии Слепцовтарга аналлаах мэҥэ бэлиэ аһыллыыта буолан ааста.
102 саастаах ытык кырдьаҕас өссө биир баҕа санаатын олоххо киллэрдэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Таатта.рф
Бөлөххө киир

Уратыта диэн бу мэҥэ бэлиэни 102 саастаах ытык кырдьаҕас, “Үйэ саас” бэлиэ хаһаайына, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Наум Трифонович Слепцов көҕүлээн туруортарда. Бэтэрээн Чээнньийэ алаастан сэриигэ аттаммыт саха саллааттарын кэриэстээн, мэҥэ бэлиэ туруорар санаатын олоххо киллэрэригэр оҕолоро, сиэннэрэ, чугас дьоно көмөлөстүлэр.

Дириҥ ис хоһоонноох өйдөбүнньүгү Наум Трифонович сиэнэ Екатерина кэргэнинээн Петр Герасимовтыын ылсан, тэрийэн, архитектор Нонна Герасимоваҕа эскиз оҥотторон оҥорторбуттар.

Чээнньийэ алаастан, буор сыбахтаах балаҕантан сэриигэ Ийэ дойду көмүскэлигэр барбыт, тыылга эйэлээх олоҕу уһансыбыт ини-биилэр уобарастарын туруйа гынан көрдөрбүттэр. Наум Трифонович Кыайыы үбүлүөйдээх сылларыгар сэргэ туруорар үгэстээх, онтон сиэттэрэн мэҥэ бэлиэни алтан сэргэлээбиттэр. Үс бииргэ төрөөбүттэр сырдык мөссүөннэрэ гранит тааска түһэриллибит, ааттара-суоллара толору суруллан, бэлиэ кэннигэр бу алаастан сэриигэ аттаммыт уолаттар ааттара эмиэ киирэн, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт, үрдүк суолталаах өйдөбүнньүк буолбут.

Бэлиэтээн эттэххэ, пааматынньык бастакы эскииһин Наум Трифонович хараҕынан үчүгэй эрдэҕинэ оҕолоругар “маннык буолуон баҕарабын” диэн уруһуйдаан көрдөрбүт эбит – үлэ барыта онно тирэҕирэн ыытыллыбыт.

***

Наум Трифонович Слепцов туһунан биһиги архыыппытыгар баар матырыйааллары сэргээҥ:

Олоҕу таптыахха, оҥоро сатыахха!

Үтүө киһи уһун үйэлээх эбэтэр ытык кырдьаҕас үс соругун толордо

1 / 5

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп