12.08.2025 | 17:40 | Просмотров: 205

10 сылаас тохтобул эбиллиэ

10 сылаас тохтобул эбиллиэ
Ааптар: Марфа ИВАНОВА
Бөлөххө киир

Дьокуускайга сылаас тохтобуллар оҥоһуллубуттара уонча сыл буолла. Бу күһүн эбии 9 павильон тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Бу тохтобуллар олохтоохтор талбыт сирдэригэр тутуллуохтара, олортон сүрүннэрэ – уобаластааҕы балыыһа, Бааһынай ырыынага, Манньыаттаах уонна Речевой оскуола. Тохтобуллары тутууну Олохтоох дьаһалта хонтуруоллуур.

Быйыл уопсайа 10 тохтобул былааннаммытыттан биир тохтобул быһаас Гериатрия балыыһатын аттыгар тутуллубут. Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын суол инфраструктуратын уонна тырааныспарга департаменын салайааччыта Эдуард Садовников бэлиэтээбитинэн, сылаас тохтобуллары тутуу муниципальнай бырагырааманан эрэ буолбакка, «Олох инфраструктурата» национальнай бырайыак иитинэн ыытыллар.

Билигин сылаас тохтобуллар тыйыс тымныылаах кыһыммытыгар туһалаахтарын дьиҥ чахчы көрдөрдүлэр диир толору кыахтаахпыт. Ол эрээри, хаһан да буоларын курдук, үчүгэйи, дьон үлэтин сыаналаабат, толкуйа суох быһыыларынан уопсастыбаннай миэстэҕэ хоромньуну таһаарар вандаллар бааллара – биир улахан кыһалҕа. Бу кыһалҕаны туоратарга сыллата миэрэни күүһүрдэргэ дьулуһаллар.

Күн бүгүн Дьокуускайга 70 сылаас тохтобул баар. Тымныы кыһын оптуобус кэтэһээччи ирэр сылаас сирэ саҥа павильоннар тутулуннахтарына өссө элбиэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп