16.10.2026 | 13:30 | Просмотров: 80

1 №-дээх поликлиника саҥа дьиэтэ Стадухин уулуссатыгар дьэндэйиэҕэ

Тутуу үлэтин 2028 сылга саҕалыыр былааннаахтар.
1 №-дээх поликлиника саҥа дьиэтэ Стадухин уулуссатыгар дьэндэйиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: 2ГИС уонна Дмитрий Садовников МАХ ханаалыттан
Бөлөххө киир

Бу туһунан куорат аҕа баһылыга Дмитрий Садовников куорат Дууматын дьокутааттарын кытта көрсүһүүтүгэр кэпсэттэ.

Поликлиника саҥа дьиэтэ Стадухин уулуссатыгар, перинатальнай киин таһыгар, тутуллара сабаҕаланар. Дьокутааттар ити эргин тырааныспар ноҕурууската биллэ улаатыа диэн долгуйалларын биллэрдилэр. Кинилэр суолу кэҥэтэр уонна киирэр суоллары тупсарар туһунан эрдэттэн толкуйдуур, былаанныыр ордук диэн этиилээхтэр.

Тутууну 2028 сылга саҕалыыр былааннаахтар. Онуоха диэри тырааныспар схематын чочуйуохха, суол-иис туругун сыаналыахха уонна ыытыллыахтаах үлэ кээмэйин быһаарыахха наада.

Дмитрий Садовников этэринэн, тутуу миэстэтин уларытар былаан суох. Онуоха саҥа поликлиникаҕа барар билиҥҥи суолу кэҥэтэр эбэтэр атын киирии суоллары тэрийэр кыаҕы көрөллөр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.