1 №-дээх оскуола: Роспотребнадзор итэҕэстэр туоратыллыбыттарын бигэргэтэр
Бэҕэһээ, алтынньы 20 күнүгэр, Ленин проспегар турар 1 №-дээх оскуолаҕа Үөрэх управлениетын, СӨ Роспотребнадзорун, Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспатын, дириэктэр э.т., терөппүттэр, общественниктар кыттыылаах хамыыһыйа бэрэбиэркэтэ буолан ааста.
Санатан эттэххэ, бу эбийиэк тутуута быйыл түмүктэммитэ, үлэҕэ киллэрии көҥүлэ атырдах ыйыгар бэриллибитэ. Ол эрэн СӨ Гигиена уона эпидемиология киинэ 15 санитарнай нуорманы кэһиини булбута, туоратарга ирдээбитэ.
Билигин СӨ Роспотребнадзорун Санитарнай надзор управлениетын начаалынньыга Анна Румянцева бэлиэтээбитинэн, нуорманы кэһиини барытын көннөрбүттэр, итэҕэстэри туораппыттар, эбийиэк арыандатын дуогабарыгар илии баттаммыт.
“Бу күннэргэ биһиги оскуола аатыттан санэпид түмүгү таһаарарга сайабылыанньа тутан турабыт. 20 күн устата экспертиза ыытыллыаҕа. Оскуоланы тула күрүөлээһин уонна уолаттар мастарыскыайдарыгар, химия кабинетыгар вытяжка туруоруу туһунан эттэххэ – бу буоппуруос кэлэр сыл атырдьах ыйын 30 күнүгэр диэри быһаарылларын туһунан мэктиэ суругу Дьокуускай куорат дьаһалтатыттан туттубут. Бэйэбит өттүбүтүттэн ол туоларын хонтуруолуохпут”, - диэтэ Роспотребнадзор бэрэстэбиитэлэ.

«Эхо столицы» суруналыыһа диэриэктэр э.т. Вероника Яковлеваны кытта кэпсэттэ, кини дуоһунаһыгар алтынньы 15 күнүгэр анаммыта:
– Анаммытым 5 күн буолла, бу күннэргэ лицензияны ылыы боппуруостарыгар үлэлээтибит. Оҕолорбут саҥа дьиэҕэ киирэн үөрэниэхтэрин баҕарабыт.
Оскуола аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир. Кэһиилэр бааллара тута туоратыллан иһэллэр. Мин көрүүбүнэн, оскуола үлэтин саҕалыырыгар туох да мэһэйдэр суохтар. Роспотребнадзор бэрэбиэркэтин үтүө түмүгэр эрэнэбит, лицензия ыларга төһүү буолуохтаах.
Бары көһөн кэлэргэ бэлэммит. Кэллэктииби кытта билсэн эрэбин, сорох учууталлары көрсөн кэпсэттим. Төрөппүттэр эмиэ саҥа дьиэҕэ көһөн киирэрбитин күүтэллэр.

Ыспыраапка:
Вероника Яковлева 2013 сылтан үлэтин саҕалаабыт. Мииринэй 1 №-дээх оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан 5 сыл үлэлээбит. Мииринэйгэ Үөрэх управлениетыгар – 5 сыл, Дьокуускайга Үөрэх управлениетыгар – 5 сыл үлэлээбит. 2024 сыллаахтан 18 №-дээх оскуолаҕа диэриэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбитэ.